Chegien Buol
Chegien Buol

Саҥас

Саҥас

18 Plays

01 Dec 2020

Ким олоҕо биир кэм көнө суолунан тэлгэммитэ баарай? Күөх оту мэлдьи хагдарытар күһүн маҥнайгы хаара, Ол эрэн дьыл эргиирэ тыын киллэрэн айылҕаны тилиннэрэр, Күнтэн күн сирдээн саҥа олоххо үктэтэн бигэтик эрэннэрэр, Көрдөрөр түүн ахсын хараҥа халлааҥҥа сулустар тахсалларын. Арай арахпат ыарыылар олохпут кэрчиктэринэн тэҥҥэ аалсаллар... Аҕыс сыл устата тыллыбыт сүрэхтэр арахсалларын Биир күҥҥэ түмүктээбит эбит дьылҕа хаан барахсан, Оҕо саас дьоллоох кэрчигэ үлүйбүтэ дьыбарга тахсан. Саҥас... саҥа ийэ уоскуппута сүрэх уолуйбутун, Ол курдук букатын сүтэрбит сүтүкпүн солбуйбута. Саҥас... биирдэ да алҕас "Ийэ" диэн долгуппатах, Саатар биирдэ истиҥ оҕолуу сыһыаны угуппатах, Өһөс майгынан кыра да алҕастары тулуппатах - буруйдаахпын... Төһө да саас ырааттар төннө турабын ол тымныы, ньимийбит сэтинньибэр, Ол эрэн бу сыллар тухары суолбун сырдыгынан тыктаран иннибэр Өрүү сирдээн кэллэ дьоллоох олоххо тиийэрбэр, Аһаҕас ааны өҥөйөн туран аҥаардас санаабынан хатаммыт эйгэбэр Киирэн кэлэн барытын төлө өһүлбүтүгэр махталлаахпын иккис ийэбэр. /Chegien Buol/ 2020

1 Comments

Leave a comment

4 years ago

You may also like